Войти в почту

Тап-тап табыйан табакам айаннаа…

Тыа хаҺаайыстыбатын туһунан матырыйаалы ыраах соҕустан саҕалыырга сананным. Тоҕо диэтэххэ харахпытын тыыра көрөөт, хоммут уоспутун хоҥнороот, бүгүҥҥү Россияҕа национальнай идеябыт тугуй диэҥҥэ мэйиибитин сынньабыт, мөккүҺэн-куолулаан сата баһын тардабыт. Ол көрдөөн букунуйар идеябыт тутулун мин кэпсэппит киһим толору дакаастаата. Кини кимий диир буоллахха – омугунан эбээн, удьуор табаҺыт, «Опора» родовой община биригэдьиирэ Мария Константиновна Лебедева. Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ кини Кэбэргэнэттэн 10-ча чаас буранынан айаннаан кымньыылыыр кыҺалҕаларын оройуон салалталарыгар туруорсаары тиэтэлинэн кэлэн барда. Санаатын сиппит киҺи быҺыытынан харыс үрдээн, сүргэтэ көтөҕүллэн редакцияҕа сылдьан дэлэйдик эттэ-тыынна, олоҕу-дьаҺаҕы ырытта-анаарда. Кини кэпсээбитин ааҕыахха эрэ: — Маҥнайгынан, унньуктаах уҺун айаным сылаатын билиэ да суох курдук буолбуппун этиим. Оройуон салалтата туруорсууларбын толору өйөөтө. Холобур, техника уматыгын биэрдилэр, о.д.а. иирбэ-таарба боппуруостары эмиэ сөптөөхтүк быҺаардылар. Сити да буоллар, санаабыппын киҺи кэнниттэн буолбакка сирэйгэ этэр идэлээхпинэн кутургуйалыы кэйэр толкуйбун уот харахха этиим. Тугуй диэ? Истэр былаҺын тухары ыарахан кыстык ааҥнаабытыгар наар сүөҺү-сылгы сахсаана, илии соттумуоҕуҥ диэн буолар. Бу – сөптөөх. Ол гынан баран бэл, оройуоммут дьаралыгар таба ойуута баар, а.э. олохпут бигэ акылаатын уурарга хоту сир маанылаах баайа – таба — улахан оруоллаах буоллаҕа. Ону баара, бу ыарахан кыстыгы табалар хайдах-туох туоруохтаахтарын туҺунан итийэн-кутуйан туран салалтаттан да, олохтоохтортон да дирбиэн-дарбаан ончу иҺиллибэтэ. Дьиҥэр, кинилэр табалары «хайдах да буоллуннар» диэн илиинэн сапсыйбатахтара чуолкай. Айылҕа баайдара табалар тулуҺуохтара-туруулаҺыахтара, олус быҺа түҺүөхтэрэ суоҕа диэнбүк эрэниигэ хааллылар. Быйылгы курдук хаар билиэнэ ылбатаҕа буоллар баҕар, ол табаларбыт син этэҥҥэ кыстыахтар да этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ табалар хаҺан аҺыыллара лаппа уустугурда, айаҕалыы сатаан маска үүммүт түүнү сииллэр. ТабаҺыттарбыт сүрэхтэрэ уонна үөрүйэхтэрэ бэрт буолан кинилэри аччыктаппат туҺугар маршруттары кэрийэн тала сылдьан аҺатаннар син туруктаахтар. Ол иҺин дьаҺалтаҕа сылдьан таба иитиитин умнумаҥ, сүөҺүнү-сылгыны кытта тэҥҥэ тутуҥ, бүтэҺик уочаракка туруорумаҥ диэн тылбын тиэртим, онно өйөбүл-көмө оҥоруохпут диэтилэр. КүҺүҥҥү хараал түмүгүнэн «Опораҕа» 444 төбө баара чуолкайданна, табалары субутан аахтыбыт, аҕыйааҺын баар. Аллара Халыматтан кыыл табалар кэлэн илдьэ бартара, уончалыыга тиийэр бөрө үөрэ сиирэ, эҺэ да сүгүнээбэтэҕэ. Хоромньуга барытыгар аакталар оҥоҺуллубуттара. «Опора» общинаны ааттатар, төрүт дьарыгы өрө тутар табаҺыттарбын ааттыам: 30 сыл табаҕа ыстаастаах Семен Семенович Слепцов, үйэ чиэппэрэ таба иитиитигэр сыратын биэрбит старшай табаҺыт Михаил Спиридонович Никулин, эмиэ 30 сыл көмүс көлөҺүнүн тохпут Николай Дмитриевич Лебедев уонна удьуор табаҺыт Михаил Михайлович Лебедев. ҮлэҺит дьон үтүөлэрэ дьэ, кинилэр буоллаҕа, ыстаадаҕа балаакканан олорон үлэлиэххэ диэтэххэ киҺи эрэ чаҕыйыах курдук. Оттон кинилэр өбүгэттэн илдьэ кэлбит төрүт дьарыктарын күн-дьыл кубулҕатыттан киэр илгэр санаалара ончу суох. Омук быҺыытынан сиик буолан сүппэппитигэр төрөөбүт тылбыт уонна таба баайбыт тыыннаах буолуохтаахтар, ол иҺин табалардыын мөхсүнэбит дэҺэллэр. Кырдьыга да оннук: таба баар – эбээн баар. Бачча кэлбиччэ биир туруорсуубун билиҺиннэриэм. 21 үйэҕэ олоробут да үгүс ыстаадаларга өбүгэлэрбит курдук балаакканан, тимир оҺоҕунан олорон буурҕаҕа-силлиэҕэ ытыйтара сылдьан буҺабыт-хатабыт. Үөрэнэн хаалан онтон муунтуйан уурайан хаалар санаа кыла да көстүбэт. Ол гынан баран эн бэйэҥ да санаан көр: аны туран М.С. Никулин, М.М. Лебедев Кэбэргэнэҕэ кэллэхтэринэ миэхэ түҺэллэр – кинилэр дьиэлэрэ суох. Мин үөрэ-көтө көрсөн кинилэри дьиэлиибин, мэктиэтигэр, бу табаҺыт хоҺууттар баччааҥҥа диэри бас билэр муннуктара суоҕуттан сүрэх да ыалдьар. Оройуон баҺылыга Михаил Никулиҥҥа бу боппуруоҺунан сылдьыбытым, кини уопсай сүбэнэн туруорсууну булгуччу толоро сатыахпыт диэбитэ. Онон киниэхэ эрэлбит улахан. Түргэн-тарҕан быҺаарыынан таба иитиитигэр олохторун анаабыт дьоммутун оройуоммут салалтата сылаас-сымнаҕас хараҕынан көрөн бас билэр дьиэлээтэҕинэ тустаахтар да, олохтоохтор да төҺөлөөх үөрүөхтэр этэй?! БиҺиги кыстыкка киирбиппит, табабытын олохтообуппут, онон били эҺэм Ньукулааскы оҕонньор 600-чэ төбө табаны Абыйга олохтообутун курдук үтүө үгэспит, төрүт дьарыкпыт салҕанар. Бүгүҥҥүбүт баҕар, син эрэ аҕай буолуо, оттон сарсыҥҥыбыт – сырдыгынан сыдьаайыаҕа. … Төрөөбүт түөлбэҕэ таптал, төрүт дьарык бөҕө ситимэ, кэрэ эрэ кэскили түстээҺин, ол туҺуттан бэйэни харыстаабакка үлэлээҺин – били эппит национальнай идеябыт туллубат тутааҕа буолбатах дуо?! «Хотугу кыым» хаҺыат.

Тап-тап табыйан табакам айаннаа…
© ЯСИА.RU