Улуус олоҕо: Сылгытын көмүскэ да биэрбэт Дьууруй Иванов Горнайга олорор

Дьөһөгөй оҕотун көрөн-истэн, иитэн, идэ оҥостубут дьон Саха сиригэр элбэхтэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Юрий Иванов. Кини Атамай нэһилиэгин олохтооҕо. «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара сылгыһыты кытта көрсөн кэпсэттибит. Дьууруй Уйбаныап 22 сааһыттан сылгыһыт. Былырыыҥҥа диэри бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэлээн баран, быйылгыттан кэтэҕэр дьарыктанар. Кыстыкка киирии кэмэ буолан, дьиэтин таһыгар убаһатын идэһэлэнэ сылдьарыгар түбэстибит. Кэргэнэ киниэхэ илии-атах буолан, тэбис-тэҥҥэ сүүрэр-көтөр. — Сылгы диэн сахалар тутан хаалбыт баайбыт буолар. Бу баайбын көмүскэ да биэрбэппин. Бэйэм кэтэх хаһаайыстыбабар биир сылгы үөрдээхпин. Аҕыйах хонуктааҕыта Маҕарас быыһыттан булаттаан аҕалбытым. Дьиктитэ диэн сылгыһыт киһи үчүгэйи көрөр, талан көрөр идэлээх буолар. 60 сааспар тиийэн баран санаатахпына, сылгыһыт буолар дьылҕалаах киһи оҕо эрдэҕиттэн ананан төрүүр быһыылаах. Хайдах эрэ ис-искиттэн дьөһөгөй оҕотун барахсаны сөбүлүүр буолаҕын. Оҕо сырыттахпына кирпииччэ үктээһинигэр биир аты үлэлэппиттэрэ. Онтон ыла сылгыга ылларан, сыстан барбытым. Биһиги, сылгыһыттар, айылҕаҕа сылдьабыт, тоҥобут-хатабыт, кумаарга сиэтэбит, ол да буоллар, айылҕалыын уратытык кэпсэтэбит. Быһата, ураты дьоммут дии саныыбын, — диир убаһатын астыырын быыһыгар Дьууруй. Урут “Атамай” сопхуоска үлэлиир кэмигэр Бэс Күөлүттэн 5-6 көстөөх сиргэ баар ыраах учаастакка кыһыннары-сайыннары олорон үлэлээбит. Ол Ботомоойу звенотугар үлэлээбит сыллара киниэхэ олус күндүлэр. Хата, кэргэнэ Евдокия Семеновна оччолорго оҕолорун, дьиэтин-уотун бэйэтэ көрөн абыраабыт. “Эмиэ ыраах учаастакка бараҕын”, — диэн сорох дьахталлар курдук хомуруйбута буоллар, Дьууруй, арааһа, кыайан сылгыһыттыа суоҕа этэ. Оччолорго 400-кэ сылгыга тиийэ көрөллөрө. Кини 1987 сыллаахтан аттааһын ньыматын баһылаабыт. Онон бэйэтэ бэтэринээр да курдук диэххэ сөп. Кинини бу дьарыкка бэтэринээринэй быраас, билигин Аһымаҕа олорор Егор Александров үөрэппитин умнубат. “Атамай” сопхуоска Уус Алдантан төрүттээх биллэр салайааччы буолбут Иннокентий Васильевич Бочкарев дириэктэрдии сылдьан, сылгыны иитиини сайыннарыыга күүскэ үлэлээбит. Ол саҕана уопут атастаһыннарыыны тэрийэн, Хаҥаласка кытта тиийэ сылдьыбыттар. «Сопхуос саҕана учуонайдары кытта шефтэһии тэриллэрэ олус үчүгэй, үлэҕэ-хамнаска көмөлөөх буолара. Биһиги сылгы баазабытыгар Николай Павлович Андреев диэн учуонай кэлэн үлэлээн, чинчийэн, үөрэтэн барааччы. Кини кулунчугу тохсунньуга диэри ийэтиттэн араартарбат этэ. Ол убаһалары улаатыахтарыгар диэри чинчийбитэ, ыйааһынныыра, хайдах улааталларын барытын тэтэрээккэ бэлиэтиирэ. Биһиги туох диэбитин барытын толорон, үлэлииригэр усулуобуйа тэрийэрбит«, — диэн салгыы кэпсээтэ ол ааспыты санаан-ахтан. 1 из 9 Кини куолаһыгар хайдах эрэ бэйэ үлэтинэн астыныы, таптыыр үлэттэн дьоллонуу иһиллэр курдук. Юрий Ильич тоҥмут-хаппыт, сыһыыга сыспай сиэллээҕи сылгылаабыт ыарахан үлэтэ сыаналаммытыттан да астынар. “Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит Айаал Степанов миэхэ министиэристибэ Махтал суругун туттарбытын олус күндүтүк саныыбын”, — диир махтаммыттыы. — Билигин сылгы ыал аайы баар буолла. Ити үчүгэй бөҕө. Ол эрээри сылгылаан аҕалар киһи кэмчи буолан иһэр. Уопуттаах сылгыһыттары көрдөһөллөр да, биһиги сааһыран иһэр буоллахпыт. Эдэрдэр анаан-минээн дьарыктамматтар. Мин санаабар, билигин эдэрдэр сир ылан, бааза оҥостон, кыттыһан үлэлиэхтэрин наада. Биирдиилээн көрөн ырааппаккын. Син көрдөөтөххө, сылгыга үлэлиэн баҕалаах эдэр дьон бааллара буолуо ээ. Ат миинэр кыахтаах киһи аҕыйаата диэн хомойобун. Билигин сылгыһыкка үчүгэй таҥас-сап наада. Урут биһиги ыт саҕынньаҕы, үтүлүгү кэтээччибит. Бэргэһэ үчүгэй буолуохтаах. Оҕону сылгыга биһиги курдук оскуола эрдэхтэн сыһыарыахха наада. Хайаан даҕаны сылгыны таптыыр оҕо баара чахчы. Оннук оҕолору булуохха. Мин сайылыктаахпын. Куруһуок да буолбатар, сылгыга сыстыан баҕалаах оҕолору ыҥыырдыырга, аты миинэргэ үөрэтиэм этэ дии саныыбын, — диэн бэрт интэриэһинэй кэпсээнин Дьууруй Ильич түмүктээтэ.

Улуус олоҕо: Сылгытын көмүскэ да биэрбэт Дьууруй Иванов Горнайга олорор
© ЯСИА.RU