Войти в почту

Кэбээйигэ арыгыны утарсар үлэ кэҥээн иһэр

Ааспыт сылга Кэбээйи улууһун “Дабаан” хаһыат редакцията Ил Дархан “Чөл олохтоох Саха сирэ: итириктээһини, арыгылааһыны утары охсуһуу дьаһалларын олоххо киллэрии” гранын ылан, төрдүс ыйын үлэлиир. Көрүллүбүт массыына кэлэн, сырыы баарын баттаһа Куокуй, Кэбээйи, Батамай нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Улуус нэһилиэктэригэр дьону-сэргэни кытта көрүстүбүт, олоҕу-дьаһаҕы билистибит, санааларын иһиттибит, баар балаһыанньаны илэ харахпытынан көрдүбүт. Куокуй нэһилиэгэр арыгыны иһэртэн аккаастаммыттара иккис сыла буолла. Манна көхтөөх, спорду өрө тутар ыччат элбэҕэ үөрдэр. Арыгыта суох сыбаайба, үбүлүөй ыытыллар буолбуттар. Редакция үлэһиттэрин кытта хаалыктаах хаамыыны пропагандалыыр сыаллаах “Дьүөгэ” кулууп чилиэнэ С.И. Васильева барса сырытта. Кини мустубут дьоҥҥо маастар кылаас көрдөрдө, сүбэ-ама биэрдэ. “Аалмас” аптека сэбиэдиссэйэ С.И. Михайлова сөптөөхтүк аһааһын, доруобай ас туһунан кэпсээтэ, оттон ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин отделын сүрүннүүр исписэлииһэ А.А. Никифоров Ыччат сылыгар ыытыллар үлэ былаанын билиһиннэрдэ. Кэбээйи нэһилиэгэр ааспыт күһүн быыбары кытта холбуу арыгы атыытын утаран референдуму ыыппыттар. Өскөтө атын нэһилиэктэргэ депутаттар куолстааһыннарынан быһаарыллар буоллаҕына, манна нэһилиэнньэтин ахсаана элбэҕинэн референдум ыытыллыбыт. Оччолорго төһө да итирдэр утаҕы бобор туһунан дьаһал ылыллыбатаҕын үрдүнэн, син биир күөх моҕойу утарсар күүс баарын биллибит. Дьаһалта баһылыга И.П. Кобяков кыайыахпытыгар диэри ыыта туруохпут диэбитэ эрэмньини үөскэтэр. Хаалыктаах хаамыынан оҕо саадыттан саҕалаан дьарыктаналларын сэргии көрдүбүт. Быйылгыттан “Кустук” оҕо саадын иитээччитэ Т.Д. Михайлова 5-6 саастаах оҕолору дьарыктаан саҕалаабыт. Предприниматель Андрей Кобяков кинилэргэ уонча хаалыгы биэрэн спонсордаабыт. Бу сырыыга Кэбээйигэ “Дьүөгэ” кулууп көхтөөх эбээлэрэ барсан, оҕолордуун тэҥҥэ хаамсан үөрдүлэр-көттүлэр. Бу көрүҥү нэһилиэнньэҕэ тарҕатар былаан оҥоһулунна. 1 из 27 Батамайга олохтоох нэһилиэнньэни, учууталлары, оскуола оҕолорун кытта көрсүһүү оскуолаҕа ыытылынна. «Биһиэхэ үс маҕаһыын баарыттан хайалара да арыгы атыылыыр лицензията суох. Онон биһиги чөл олохтоох нэһилиэк буолар кыахтаахпыт. Урут 90-с, 2000-с сыллар саҕаланыыларыгар элбэх киһи иһэрэ. Билигин оннук буолбатах, дьон чөл олоххо тардыһыыта күүһүрдэ. Саамай кылаабынайа, «туочукалары» кытта хайдах охсуһуохха сөбүй? Биһиги эмиэ бу хайысханан үлэлиир баҕалаахпыт. Хата бииргэ үлэлиэҕиҥ. Нэһилиэктэри түмэн чөл олоххо семинар ыытыахха сөп«, — диэн биология учуутала Александра Майорова этии киллэрбитин бэркэ биһирии иһиттибит. Хас нэһилиэк ахсын хайаан да оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүү тэрийэбит. Аһаҕас кэпсэтиигэ араас этии, санаа барыта киирэр. Оҕолор этиилэрин үөрэтэн көрөн баран, кинилэр олус болҕомтолоохторун, баар балаһыанньаны хайдах баарынан өйдүүллэрин, толкуйдуу сатыылларын хайҕаатыбыт. Онон инникитин арыгы хара дьайыгар утарсар күүс эбиллэн иһэригэр эрэнэҕин. Ону көҕүлүүр, өйүүр туһугар бу үлэбитин салгыахпыт.

Кэбээйигэ арыгыны утарсар үлэ кэҥээн иһэр
© ЯСИА.RU