Алаһыайга быйыл уу уһуннук туруо диэн билгэлииллэр
Бырабыыталыстыба бөлөҕүн иккис мунньаҕа сааскы халаан уутугар уонна баһаары утары үлэҕэ туох бэлэмнэнии үлэлэрэ бара туралларыгар туһаайылынна. Быһа сибээскэ Дьокуускайтан СӨ нэһилиэнньэ куттала суох буоларын хааччыйар судаарыстыбаннай Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев дакылаатын иһиттибит. Ол курдук кини: «Халыма өрүс арыллыыта ыам ыйын үһүс декадатыгар күүтүллэр. Критическэй таһымы үрдүнэн уу кэлиитэ Зырянкаҕа уонна Орто Халыма куоракка сабаҕаланар. Алаһыай өрүскэ эмиэ уу таһыма үрдүк буолара күүтүллэр. Халыма өрүскэ былырыыҥҥы курдук хараардыы үлэтэ былааннанар. Арҕахтаахха, Берёзовкаҕа уонна Орто Халыма куоракка гидропостар үлэлиэхтэрэ. Бу сыл олунньу 3 күнүнээҕи туругунан, ууга барар кутталлаах эбийиэктэр реестрдэригэр Орто Халыма куоракка 138 олорор дьиэ (456 киһи), авиапорт балаһата уонна хас да социальнай тэрилтэ, оттон Берёзовкаҕа 12 дьиэ (49 олохтоох), Арҕахтаахха 5 дьиэ (15 олохтоох), Сыбаатайга 31 дьиэ (94 олохтоох) киирбиттэрэ. Муус устар 7 күнүгэр Орто Халыма куоракка Команднай-штабной үөрэх ыытыллыаҕа.Сааскы халаан уутун сэрэхтээхтик ыытыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр10 мөл.750 тыһ. үп ууруллубута. Зырянкаҕа 10,5 тонна эһэр эттик харалла сытар», — диэтэ. Ол кэнниттэн маннык соруктары ыйда: нэһилиэнньэ баайын-дуолун страховкалааһынын тэрийии; уу ылар кутталлаах сирдэргэ тутуулары бобуу; улуустар аайы сааскы халаан уутун сэрэтиигэ үбү уурунуу. Сибээскэ Үөһээ уонна Аллараа Халыма улуустара таҕыстылар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников бары дьаһалталар салалталарыттан төһө бэлэмнээхтэрин сураста. Биһиги улууспут баһылыга Евгений Слепцов бу курдук билиһиннэрдэ: «Биһиги хас даҕаны Дьаһалы таһаарбыппыт, тэрээһин үлэлэрин былаана ылыныллыбыта. Улууска халаан уутун сэрэтиигэ уопсайа 2 мөл. 942 тыһ. үп ууруммуппут. Орто Халыма куоракка өрүскэ сылын аайы үс оройуоҥҥа харыы үөскүүр куттала суоһуур: ол курдук куораттан 18 км аллараа Лобуйаҕа, 32 км аллараа Заборцевоҕа уонна 110 км тэйиччи Среднековскай оройуоннарга. Бу учаастактарбытыгар сылын аайы хараардыы үлэтин ыытабыт. Быйыл даҕаны ыытары былаанныыбыт, былырыыҥҥы курдук ИП Эверстов М.В. үлэлиэҕэ. Түгэнинэн туһанан, бырабыыталыстыба иннигэр туруорсууларбытын билиһиннэрдэххэ:бөртөлүөт түһэр былаһааккатын оҥорууга эбии үп көрүллэрэ наада; эстэр эттиктэри Зырянкаҕа буолбакка, бэйэбитигэр, Лобуйаҕа, харайарбытыгар көҥүлү ылыы; даамбаны бөҕөргөтүүгэ 3000 куб кумахтаах-гравийы хостооһун; нэһилиэнньэни тиһиктээхтик сэрэтиигэ олохтоох телевидениеҕэ «бегущая строка» үлэлииригэр көҥүлү ылыы; Берёзовкаҕа, Сыбаатайга уонна Налимскайга нэһилиэнньэни суһаллык иһитиннэрэргэ техническэй арыаллааһын наада». Бу туруорсууларбыт боротокуолга киирдилэр. «Бегущая строка» туһунан этиигэ СӨ сибээс, информационнай технология миниистирин солбуйааччы Прокопий Неустроев сөпсөһөрүн биллэрдэ, суһаллык быһаарыах буолла. Оттон күнү-дьылы кэтээн көрүү киинин начаалынньыга Александр Аржаков быйыл Алаһыай өрүскэ уу таһыма үрдүк буолуо диэн сабаҕалаата. Итини ааһан, өргө диэри уута түспэккэ туолан туруо диэтэ. Баһаары утары үлэҕэ бэйэбит эрэ эппиэттээхпит Сир аайы өрүстэр арыллааттарын кытта, аны ойуур баһаардарыттан ураты сэрэхтээх кэмнэр кэлэллэр. Киин сирдэргэ ордук кураанах этиҥнэртэн ойуур баһаара үөскүүр буоллаҕына, хоту эргин үксүн киһиттэн бэйэтиттэн баһаардар тахсаллар диэн бэлиэтииллэр. Ити кэмнэргэ кустааһын кэмэ түбэһэринэн, кырдьык, хас биирдии булчуттан айылҕаҕа сиэрдээхтик сылдьыы ирдэнэр. Былырыын куоракка киһи содулуттан икки тыа баһаара тура сылдьыбыта. Буруйдаах биллэн, холуобунай эппиэккэ тардыллыбыта. Кистээбэккэ эттэххэ, баһаар тахсар түбэлтэтигэр бэлэммит суоҕун кэриэтэ. Уоту умуруорар тэриллэринэн хааччыллыыбыт быстар мөлтөх. Дьиҥэр, Гражданскай оборона ирдэбилинэн, хас биирдии тэрилтэҕэ үлэһитин ахсаанынан анал ранецтар баар буолуохтаахтар. Ону кытта хас биирдии дьаһалта бас билиитигэр эмиэ анал тэриллэр бааллара ирдэнэр. Бүддьүөт кырыымчыгар сигэммэккэ, бэйэ кыаҕынан сылын аайы биирдии-иккилии тэрили ылан истэххэ, хааччыллыы өттүгэр кыһалҕа суох буолуо этэ диэн этилиннэ. Син биир ханнык даҕаны үрдүкү тэрилтэттэн атыылаһан биэрии көрүллүбэт, онон бэйэлээх бэйэбит эппиэтинэспитигэр эрэ буолан тахсар. Бырабыыталыстыба бөлөҕүн салайааччы Алексей Колодезников хас биирдии нэһилиэк төһө хааччыллыылааҕын бэрэбиэркэлиир үлэ ыытылларыгар сорудахтаата. Ону тэҥэ, сорох улуустар Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаларыгар космостан быһа көрүүнү хааччыйарга, онуоха туох наадатын этэргэ соруйда.